Буолар күнэ: сэтинньи 23 күнэ, 2022 сыл.
Бириэмэтэ: 10:00-13.30 ч.
Буолар сирэ: П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра, Дьокуускай куорат, Орджоникидзе уул.1
Ссылка: https://youtu.be/qJ4zhl5z6dw
Сийиэс сүрүн мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ — Местников Сергей Васильевич, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
Ыытааччы – Эдуард Рудых, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэhитэ.
Сыана: трибуна, Арассыыйа Федерациятын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин былаахтара, баннер, 1 видеоэкран, микрофон, сийиэс дьаралыга, тыыннаах сибэкки киэргэтиитэ, президиум остуола, олоппоһо.
Тыйаатыр фойета:
1 этээс:
08.30-09.45.Ыалдьыттары көрсүү. Сахалыы сиэринэн-туомунан кэлбит ыалдьыттары, дэлэгээттэри көрсүү (сиэл буруолатыы, алаадьынан айах тутуу, күндүлээһин).
08:30-09:45. Сийиэс кыттыылаахтарын бэлиэтээһин.
2 этээс:
«Тигинэт» уонна «Алаас» фольклорнай бөлөхтөрүн доҕуhуола
(салайааччылар Айталина уонна Николай Баттаховтар).
08.30-09.45ч (15 мүн.) | Саалаҕа киирэн олоруу, регистрацияны ааhыы. (Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин туһунан видеоролик) |
10.00ч. | Өрө көтөҕүллүүлээх муусука тыаһыыр. (фанфары)
|
10.00-10.05 ч. (5 мүн.) | Илья Егорович Винокуров аатынан Хатын-Арыы орто оскуолатын «Чаҕылыс» уолаттар бөлөхтөрө. Салайааччы Васильева Анна Ефимовна, нуучча тылын, литературатын учуутала, Арассыыйа Федерациятын үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ. 2020 сыл, 2022 сыл «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» өрөспүүбүлүкэтээҕи уоланнар ааҕыыларын Гран При хаһаайыннара. |
«Чаҕылыс» уолаттар бөлөхтөрун дьүһүйүүтэ «Сахам сарыала» | |
10.05-10.09 ч. (4 мүн.) | Ыытааччы: Үүммүт үтүө күнүнэн! Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэстэрин ытыктабыллаах дэлэгээттэрэ уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар! Саха норуотун тылын, литературатын уонна баай култууратын кэнчээри ыччакка тиэрдэр учууталларбытын, иитээччилэрбитин, тылбыт сайдыытыгар үлэлэһэр дьоммутун бииргэ түмэр иккис сийиэс үөрүүлээх аһыллыытынан өрө көтөҕүллэн туран итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Быйылгы сийиэс үлэтэ Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, саха суругун-бичигин төрүттээччи Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30-с сылыгар ананар. |
Ыытааччы: Сүрүн мунньах президиумун састаабын сыанаҕа ыҥырабыт. | |
1. Алексей Ильич Еремеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ; 2. Сергей Васильевич Местников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта; 3. Александр Николаевич Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон 30 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытар уонна бэлэмниир хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ; 4. Ирина Павловна Любимова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ; 5. Гоголева Сардана Николаевна, Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын уонна литературатын учуутала, бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала» күрэх кыайыылааҕа, аан бастакынан ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литература бастыҥ учуутала» күрэх лауреата. | |
10.09–10.14 ч. (5 мүн.) | Ыытааччы: Сийиэс сүрүн мунньаҕын салайан ыытарыгар тыл бэриллэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталастыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар, тэрийэр бөлөх бэрэссэдээтэлигэр Сергей Васильевич МЕСТНИКОВКА. Сергей Васильевич МЕСТНИКОВ: Ытыктабыллаах сийиэс дэлэгээттэрэ, ыҥырыылаах ыалдьыттара! Төрөөбүт тылбыт, култуурабыт, устуоруйабыт сайдыытыгар кэлиҥҥи 5 сылга туох үлэ — хамнас барбытын, салгыы сайыннарарга ханнык дьаһалы ылынары, дьоһун хардыылары оҥорору сүбэлэһэр, торумнуур түһүлгэбит тэриллибитинэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Сийиэс үлэтин хаамыытын, дэлэгээттэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар этиилэрин боротокуоллуур бөлөх сурунан иһиэҕэ. Барыбытыгар ситиһиилээх, таһаарыылаах үлэни! Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин үлэтэ саҕаламмытынан ааҕабын. |
Өрөгөй ырыата тыаһыыр (Арассыыйа Федерациятын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыалара).
| |
10.14–10.24 ч. (10 мүн.) | Ыытааччы: Бука бары болҕомтоҕутун экраҥҥа! Тыл барар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев (эҕэрдэ тыла). Экраҥҥа видео холбонор |
10.24–10.31 ч. (7 мүн.) | Ыытааччы: Тыл барар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлигэр Алексей Ильич Еремеевка |
10.31–10.40 ч. (9 мүн.)
| Наҕарааданы туттарыы (туспа сценарийынан, бэрээдэгинэн). |
Дакылааттар: | |
10.40-11.00 ч. (20 мүн.) | Сүрүн дакылааты ааҕарыгар тыл бэриллэр Любимова Ирина Павловнаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын миниистиригэр. |
11.00-11.10 ч. (10 мүн.)
| Тыл бэриллэр Феодосия Васильевна Габышеваҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр, педагогикаҕа билим дуоктарыгар, бэрэпиэссэргэ. |
11.10-11.15 ч. (5 мүн.) | (Куйаар ситиминэн холбонуу). Болҕомтоҕутун экраҥҥа! Лариса Ивановна Маршева, Арассыыйа Федерациятын норуоттарын төрөөбүт тылларын институтун дириэктэр эбээһинэһин толорооччу эҕэрдэ тыла. (исполняющей обязанности директора Федерального института родных языков народов Российской Федерации). |
11.15-11.22 ч. (7 мүн.) | Тыл бэриллэр Поскачин Владимир Семеновичка, Үөhээ Бүлүү муниципальнай тэриллии баhылыгар. |
11.22-11.29 ч. (7 мүн.) | Тыл бэриллэр Торотоев Гаврил Григорьевичка, Максим Кирович Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илин норуоттарын тылларын уонна култууратын үнүстүүтүн дириэктэригэр, филологическай наука кандидатыгар. |
11.29-11.34 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Попова Наталья Иннокентьевнаҕа, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаа Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун дириэктэригэр, филологическай наука кадидатыгар. |
11.34-11.41 ч. (7 мүн.) | Тыл бэриллэр Харлампьева Наталья Ивановнаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтигэр. |
11.41-11.46 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Лицай Мария Владимировнаҕа, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын солбуйааччытыгар. |
11.46-11.51 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Филиппов Гаврил Гаврильевичка, филология билимин дуоктара, Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илин норуоттарын тылларын уонна култууратын үнүстүүтүн саха тылын кафедратын профессора. |
11.51-11.56 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Олесова Айна Михайловнаҕа, Хаҥалас улууһун Улахан-Аан нэһилиэгин «Кыымчаан» дьыссаатын иитээччитигэр. |
11.56-12.01 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Захарова Сардана Михайловнаҕа, Дьокуускай куорат 51№-дээх «Кэскил» оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйигэр. |
12.01-12.06 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Константинова Инга Саввичнаҕа, Горнай улууһун Семен Петрович Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын алын сүһүөх учууталыгар. |
12.06-12.11 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Колесова Марианна Васильевнаҕа, Орто Халыма улууһун Гаврил Гаврильевич Колесов аатынан Сыбатаай орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталыгар. |
12.11-12.16 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Слободчикова Тамара Егоровнаҕа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин төрүт култууратын учууталыгар. |
12.16-12.26 ч. (10 мүн.) | Тыл бэриллэр Жирков Александр Николаевичка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар. |
12.26-12.31 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Симонова Эмилия Семеновнаҕа, Мииринэй улууһун Таас Үрэх бөһүөлэгин Роман Васильевич Лонкунов аатынан 9-с нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэригэр. |
12.31-12.36 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Барашкова Жанна Федоровнаҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын түмсүүтүн салайааччытыгар. |
12.36-12.41 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Байанаева Прасковья Дмитриевнаҕа, Илья Егорович Винокуров аатынан Нам педагогическай кэллиэһин учууталыгар. |
12.41-12.46 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Никитина Вилюяна Николаевнаҕа, «Ийэ тыл кэскилэ» уопсастыбаннай түмсүү салайааччытыгар. |
12.46-12.51 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Николаев Кэнчээригэ Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитигэр, төрөөбүт тылга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кыайыылаахтарыгар. |
12.51-12.56 ч. (5 мүн.) | Тыл бэриллэр Гоголева Сардаана Николаевнаҕа бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала» күрэх кыайыылааҕар, быйыл аан бастакынан ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литература бастыҥ учуутала» күрэх лауреатыгар. |
12.56-13.01 ч. (5 мүн.) | Бэрэссэдээтэл: Убаастабыллаах дэлэгээттэр! Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин түмүктүүр докумуонун барылын тутан олороҕут. Сийиэс түмүктүүр докумуонугар киллэрэр этиилэргитин үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр ахсынньы 10 күнүгэр диэри ыытаҕыт. Манан бүгүҥҥү саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин сүрүн мунньаҕа түмүктэнэр! |
| Наҕарааданы туттарыы (туспа сценарийынан, бэрээдэгинэн). |
13.01-13.08 ч. (7 мүн.) | Ыытааччы: Күндү сийиэс дэлэгээттэрин, ыалдьыттарын күргүөмүнэн хомус тардыытыгар ыҥырабыт! (флешмоб). Хомуһунан матыыптары таһаарыахтара Марк Николаевич Жирков аатынан музыкальнай колледж фольклорга салаатын устудьуоннара, «Арчы» хомусчуттар бөлөхтөрө. Салайааччылар Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуннара, виртуоз хомусчуттар Варвара Александровна Степанова уонна Артур Ньургустанович Семенов. Хомус барахсан кэрэкэ тыллары кэккэлэтэн ийэ кэриэтэ истиҥник кэпсэтэр дьоҕурдаах. Хомус — саха норуотун духуобунай култууратын бэлиэтэ. Норуоту түмэр, сомоҕолуур ураты күүстээх. Иэйэр-куойар хомус дьүрүскэнэ, Ыраахха диэри дьиэрэйэ көт! Саха омук киэн туттуута буолан Олох устун эн дьүрүһүй! |
Күргүөмүнэн хомус тардыы (флешмоб). Сийиэс дэлэгээттэрин, ыалдьыттарын кыттыылаах. | |
13.08-13.30 ч. (22 мүн.)
| Ыытааччы: Убаастабыллаах сийиэс дэлэгээттэрэ, ынырыылаах ыалдьыттара! Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун! Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһигэр таhаарыылаах үлэни, түмүктээх быhаарыныылары, истин-иhирэх кэпсэтиилэри! Этэннэ буолун! Барыгытын уопсай хаартыскаҕа түhүүгэ ынырабыт. |
Уопсай хаартыскаҕа түһүү: Убаастабыллаах сийиэс делегаттара! Биллэриллибит улуустарынан сыанаҕа хаартыскаҕа түhэ тахсаргытыгар көрдөhөбүт! 1. Абый, Анаабыр, Амма, Алдан, Аллайыаха, Булун, Үөһээ Бүлүү улуустара. 2. Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Горнай улуустара. 3. Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома улуустара. 4. Нам, Нерюнгри, Аллара Халыма, Ньурба, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ,Өлөөн улууһа. 5. Орто Халыма, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Уус Дьааҥы улуустара. 6. Чурапчы, Эбээн Бытантай улуустара, Дьокуускай куорат, Жатай бөһүөлэгэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, суруйааччы сойуустара, о.д.а. |
Кыттыыны ылар дьон ахсаана — 500 киһи (362 сайаапка ылылынна)