Күнэ-дьыла: сэтинньи 22 күнэ 2022 с.
Буолар кэмэ: 10.00-12.00
Миэстэтэ: Ленин проспегын 40, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ, историческай саала
Тэрийээччилэр: Тыл сайдыытын боппуруоһугар Ил Дархан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын дьаһалтата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ, Арассыыйа наукаларын академиятын гуманитарнай чинчийэр уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблематын института, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна ускуустуба института, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет.
Кыттааччылар: саха тылын уонна литератууратын учууталларын II съеһин дэлэгээттэрэ, билим, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэх, култуура тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ.
Тэрээһин сыала: Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын историяларын, сайдыыларын билиһиннэрии. Судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллар Интерактивнай түмэллэрин электроннай бибилэтиэкэтэ, тылы үөрэтэр контент, өрөспүүбүлүкэ бэчээтин ыстатыыстыката. Сыл ахсын судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары кэтээн көрүү ыытыллыаҕа.
Ыытааччы: Борисов Василий Борисович
Буолар кэмэ: | Ис тутула: |
09.30-10.00 | Регистрацийалааһын |
10.00-10.05 | Киирии тыл |
10.05-10.20 | Жиркова Римма Романовна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырыбыыталыстыбатын тыл сайдыытын боппуруоһугар салаа салайааччыта, филология билимин хандьыдаата. |
10.20-12.30 | Сүрүн хайысхаларынан тыл этиитэ: |
10.20-10.25 | Музыкальнай эҕэрдэ. Балалайкаҕа нуучча норуодунай ырыалара (Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун устудьуоннара) |
10.25-10.45 | Саха тыла – Чиркоева Дария Ивановна, филология билимин хандьыдаата, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетын саха тылын хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ.
Данилова Надежда Ивановна, филология билимин дуоктора, Гуманирнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын чинчийэр институтун тыл салаатын сэбиэдиссэйэ. |
10.45-10.50 | Музыкальнай эҕэрдэ – Заровняева Наталья, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтын устудьуона. |
10.50-11.10 | Саха Өрөспүүбүлүкэтин официальнай тыллара – эбээнки, дьүкээгирдии, долгаанныы.
Шарина Сардана Ивановна, филология билимин хандьыдаата, Гуманирнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемалын чинчийэр институтун хотугу филология салаатын сэбиэдиссэйэ.
Белолюбская Варвара Георгиевна-Аркук, филология билимин хандьыдаата, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетын хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын хаапыдыратын бэрэпиэссэрэ. |
11.10-11.15 | «Аар-Аартык» – Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун устудьуоннарын ансаамбылын толоруутугар «Һээдьэ» үҥкүү нүөмэрэ |
11.15-11.45 | Тус бэйэ кабинет өҥөтүн (сервис) кытта билсиһиннэрии, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин Электроннай бибилэтиэкэтигэр регистрацийалааһын – Платонова Мария Альбертовна, Колодезникова Раиса Ивановна. |
11.45-11.55 | Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрэ, история билимин хандьыдаата, дассыан Максимова Саргылана Васильевна түмук тыла. |
11.55-12.00
| Уопсай хаартыскаҕа түһүү. |
Кыттыыны ылар дьон ахсаана — 30 киһи (50 сайаапка ылылынна)
Регистрация бүттэ, кыттар дьон ахсаана туолла.